Туоһахта уонна Лэкиэс
Василий Гоголев-Уйулҕан
Сэһэн сүрүн геройа Лэкиэс, саха сылгытын Туоһахтаны кытта бииргэ алтыһан, истиҥник доҕордоһон, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ баран, кырыктаах кыргыһыыга буһан-хатан уһаарыллара, саха чулуу, хорсун-хоодуот буойуннара, олохторун толук ууран туран, Москубаны көмүскээн, өстөөҕү үлтүрүтэн киэр үүрэллэрэ кэрэхсэбиллээхтик ойууланар. Ону сэргэ Дьөһөгөй оҕото Туоһахта эмиэ сэриигэ утаарыллан, кыргыһыыга хорсуннук кыттара, тулуура-дьулуура, өйө, төрөөбүт дойдутугар муҥура суох таптала, бэриниилээҕэ уус-ураннык сэһэргэнэр.
Лэкиэс өлөр өлүү дэгиэ тыҥыраҕыттан хайдах мүччү көтөрүн, онно кини Туоһахтата олоҕор быһаарар тыын суолталаммытын сэһэнтэн билиэҥ.
Василий Гоголев-Уйулҕан, Туоһахта уонна Лэкиэс — скачать в fb2, txt, epub или pdf
Читать «Туоһахта уонна Лэкиэс» онлайн
Метки: Василий Гоголев-Уйулҕан, якутская литература
Рубрики: Современная русская литература
Комментарии ()